Хомус ууha
Чесчоев Реворий Гаврильевич Хомус маастара, Хомус Аан дойдутаа5ы II-III Конгресс кыттыылаа5а, Саха республикатын культуратын туйгуна.
Саха хомуhун музыкальнай инструмент быhыытынан билинэбит. Хас биирдии улууска хомуhу он,оруунан дьарыктанар ки4и а5ыйа5а суох. Кырдьа5ас Булуу куоратыгар олорор Чемчоев Реворий Гаврильевич Саха норуотун сэдэх, мындыр хому4у охсор уус идэтин дэгиттэрдик ба4ылаан, аан дойду таhымыгар кимиэллээхтие та5ыста.
Реворий Гаврильевич Булуу улууhун II Куулэт нэ4илиэгиттэн т8руттээх. Ман,най уол сылдьан, дойдутугар трактористаабыт. Онтон куоракка киирэн, улахан СМУ тэрилтэ киэн туттар киэн,, элбэх тутууну ыытарын са5ана, аатыгар, орденнаах В.Е. Богданов биригээдэтигэр киирэн тутууга улэлээбит. Ити улэлиир кэмигэр Булуутээ5и педуилище уонна 2 №-дээх (Бэстээ5и) орто осуола у8рэнэр корпустарын тутуспут.
Оло5ун аргы4ын к8рс8н ыал буоллуо5уттан, Боро5он,н,о буруо та4аарбыта суурбэччэ сыл буолбут. Талбыт курдук уол кыыс о5олонон, 7 бэртээхэй сиэн минньигэс сытын биллилэр. Кыыстара Айталина Реворьевна иллээх дьиэ-кэргэн алама5ай хаhаайката, ту8рт кыыстаах. Радомир Реворьевич 3 о5олоох ыал а5ата, 1 №-дээх Г.И.Чиряев аатынан оскуола5а эбии у8рэхтээhин учуутала.
Реворий о5о эрдэ5иттэн ма4ы кыччайарга, маhынан уhанарга улахан дьо5урдаа5а, ба5алаа5а уhу. Билигин кэлэн, "оччолорго, о5о сылдьан, быhа5ынан маhы кыччайаары ыстаананын иннин хаста-хаста быhахха быспытын, хаста-хаста ал5аска тобугун, буутун баа4ырдыбытын" кулэ-у8рэ кэпсиир.
Советскай Армия5а Тиксиигэ 2,5 сыл сулууспалаабыт. Уруhуйга талаана тахсан, сулууспалыыр чааhыгар уксун худуоhунньугунан сылдьыбыт. В.И. Ленин т8р88бутэ 100 сылын туолар убулу8йун к8рс8 улуу сирдьит м8ссу8нун маhынан кыhан он,орбут. Булуу куорат 360 сылын туолуутугар "Уолбут" стадион,н,а киириигэ маhынан улахан сэргэни он,орон, оччолорго, биллэриллибит курэхтэhиигэ эрэллээхтик бастаабыт.
Боро5он,н,о 7 м. урдуктээх Кыайыы пааматынньыгын, 3 буолан, цеменинэн сиэдэрэйдик кутан он,орбуттара билигин да турар.
Иhигэр ба5а санаа он,остубут тимири уhаныыны 1980 сыллартан са5алаабыта. Реворий Гаврильевич аан бастаан мельхиортан ытар5алары, илин-кэлин кэбиhэрдэри, бастын,аны он,орорго холонон к8к8р эбит. Ол сылдьан, хомуhу он,орорго бигэтик санаммыт. 1986 с. Саха АССР культуратыгар уту8лээх улэhитэ Иван Федорович Захаровы кытта билсэн, хомуhу он,оруу кистэлэн,эр маастарыстыбатыгар элбэх субэни-аманы ылбыта. Онон Иван Федоровиhы хомус он,оруутугар уhуйбут учууталын быhыытанан билинэр, истин,ник саныыр, дирин,ник махтанар.
Оттон Иван Федорович: "Учугэй киhи, уруккуттан уhанар этэ, ону-маны субэлэhэр, сурэх-бэлэс бэриллибит", диэн Реворий Гаврильевич туhунан иhирэхтик ахтар.
Хомус д8б8н,нук охсуллубат, бэрт мындыр, наhаа бириинчик улэ. Ол да иhин буолла5а буолуо, Реворий Гаврильевич бу дьикти идэни баhылаан дьарыктаныа5ыттан, уран тарбахтара, мындыр 8й8 бииртэн биир чын,ха атын тыастаах хомустары он,орон таhаарарыттан к8ст8р. Хас биирдии хомуhугар ис дууhатын, иэйиитин ууран туран уhанар.
1988 сыллаахха Дьокуускай куоракка буолбут I-кы Бутун Союзтаа5ы "Проблема варганной музыки в СССР" диэн конференция5а кыттан, онтон кынаттанан хомус ууhун быhыытынан утумнаахтык дьарыктанан барбыта.
1991 с. "Уhуйаан" устудьууйа куруhуогун аhан, айымн,ьылаахтык улэлэтэн эдэр ыччаттарга, о5олорго хомуhу он,орорго у8рэтиини аан ман,найгынан са5алаабыта. Ол кэмтэн ыла , бэйэтэ мастарыскыай тэринэн, оскуола о5олорун эрэ буолбакка, араас сирдэртэн кэлбит элбэх ба5алаах дьоннору у8рэтэн-такайар, уhаныы кистэлэн,нэригэр уhуйар. Туйах хатарааччылара араас таhымнаах быыстапкаларга ситиhиилээхтик кытталлар. Куруутун миэстэлэhэн диплом, сертификат ылаллар. Ол мэктиэтинэн 2008 сыллаах у8рэх дьылыгар у8рэхтээhин эйгэтигэр таhаарыылаах улэтин, итиэннэ уунэр к8лу8нэни иитиигэ уонна уэрэтиигэ ситиhиилэрин иhин у8рэх миниистирэ Ф.В. Габышева илии баттааhыннаах Бочуотунай грамотанан на5арнаадаламмыта.
1991 с. II-с Аан дойдутаа5ы Хомус (варган) Конгреhыгар кыттан, I миэстэни ылан, "Хомуhу он,оруу бастын, маастара" диэн урдук ааты ылбыта.
1991 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт конгреска Реворий Гаврильевич 1 миэстэни ылбыт. Дьууллууур субэ5э киирбит хомуhу ну8мэринэн бэлиэтээн баран, уонча киhи тыаhатан музыкальноhын баалынан туруоран сыаналааhыннарыгар, кини хомуhа бастын,ынан ааттаммыт.
1998 с. "Саха республикатын культуратын туйгуна" урдук ааты ин,эрэллэр.
2007 с. II-с Саха Конгреhын делегатынан талыллан, Дьокуускай куоракка кыттыына ылар. Манна улуустарга "Саха быhа5а" диэн республикатаа5ы конкурска кыттан, "За лучшее сохранение традиций" диэн номинация хаhаайына буолар.
2007 сыллаахха буолбут улуустаа5ы хомус он,орооччулар курэхтэ4иилэригэр 2-с миэстэ буолбута, 1-кы миэстэни Реворий Гаврильевич у8рэнээччитэ, куруук киниэхэ дьарыктанар Мальцев Михаил Николаевич ылан, "Норуот маастарын" урдук аатын сукпутэ. Михаил Николаевич учууталыгар махтала с85урээбэт.
2008 с. "Кемус дор5оон кустуга - 2" Аан дойдутаа5ы хомус дьиэтэ а4ыллыытын тэрээhинигэр Австрияттан кэлбит ыалдьыкка, хомус Аан дойдутаа5ы уопсастыбатын Президенэ, профессор Франц Кумин,н,а Р.Г. Чемчоев анаан он,орбут хомуhун туттарбыттара. Бу сыл Австрия5а Мольн куоракка буолбут Аан Дойдутаа5ы III Конгреhыгар кыттар урдук чиэскэ тиксэр. Реворий Гаврильевич 60 сааhын у8руулээхтик бэлиэтээбитэ.
Реворий Гаврильевич он,орбут хомустара, быhахтара Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия5а, омук сиригэр тиийэ тар5аныллар.Кинини бэйэтин кытта билсэ, кэпсэтэ, улэтин у8рэтэ, чинчийэ омук сириттэн араас идэлээх дьоннор кэлэн бараллар.
Дьэ, ити курдук улэлиир, айар, уhанар айыл5аттан айдарыылаах Аан дойдуга аатырбыт хомус ууhа уонна маастара Чемчоев Р.Г. Саха алмааhыныы кытаанах, чин,, доруобай буол, хомуhуннаах хомуhун, уйэлэртэн уйэлэргэ дуораhыйы турдун!
Е.П. РОМАНОВА
информационнай-методическай киин фондатын специалиhа
"Боотур" сурунаал, от ыйа - атырдьах ыйа, 2009 с., №4