Уус уустук идэтигэр уhуйуллуу
Мандар Уус:
"Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир, уол о±о эриллэн-эриллэн эр киґи буолаллар"
"ЛыІкынас сытыы кылыґы оІорорго болгуону µс тігµл уґаарыллара. Уґаарыыта элбэх буолла±ына µтµі сэп тахсара. Уґаарыы — ол аата кыґа±а уган уулларыы,"—диэн суруйар Далан "Тыгын Дархан" романыгар. Син ол тэІэ уґаарыллан, буґан-хатан уол о±оттон эр киґи, оттон дьо±уртан талаан µіскµµр. Уус да бу кылыґы уґаарарыныы кустук курдук куоґанан дьиІнээх уус буола тыыллан-сайдан тахсар, уран тарбахтанар, кыта±ас илиилэнэр, бэргэн харахтанар, мындыр ійдінір.
КэлиІІи кэмІэ бу ібµгэ са±аттан µрµІ тыыммыт іллійі буолбут уустук идэбит бигэтик ата±ар туран, киэІ хоннохтоохтук сайдан эрэр. "Уус" диэн умнулла быґыытыйбыт идэ аата дьон уоґуттан тµспэт буолла. Сахалыы ньыманан чороону-кытыйаны хаґан оІоруу, туос иґити, чаппараа±ы тигии, тимиртэн быґа±ы, хомуґу, онноо±ор батыйаны таптайыы сіргµтµлµннэ. Бэл диэтэр сахалыы ньыманан тимири уґаарыыны тилиннэриигэ бастакы хардыылар оІоґулуннулар.
Республика бары муннуктарыгар кэриэтэ маска, тимиргэ, кімµскэ уґанар уустар, туос иґити, таІаґы-сабы тигэр иистэнньэІнэр µіскээтилэр. Норуот маастардарын тµмсµµтэ тэрилиннэ, "Кудай Бахсы", "Уус" диэн сахалыы оІоґуктар ма±аґыыннара аґылыннылар. Саха уустара улахан быыстапкаларга ситиґиилээхтик кытталлар — холобура аан дойдутаа±ы "Клинок" диэн оружейниктар кµрэхтэґиилэригэр Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ Сарыал Билюкин уонна Николай Потапов утуу-субуу кыайбыттара.
Уопсайынан, дьон-сэргэ сахалыы малы-салы, таІаґы-сабы сµрдээ±ин сэргиир кэмэ кэллэ.
Кыґа туґунан кыратык быґаардахха
Ол тµмµгэр бу умнулла сыспыт тірµт дьарыкпытыгар µµнэр кілµінэни µірэтэн-такайан хаалларыы бµгµІІµ кµн ирдэбилигэр кубулуйда. Уґаныыны ыччат киэІ араІатыгар таґаарыыны оскуола±а µлэ уруоктара, куруґуоктар кі±µлµµллэр. Эбии µірэхтээґиІІэ тірµт µгэстэри, ол иґигэр уґаныыны сайыннарар оскуолалар, анал кииннэр баар буоллулар.
Маннык долгуІІа олорсон, уустар тµілбэлэринэн аатырбыт Таатта Баайа±атыгар "Мандар кыґата" диэн ааттаах уус о±олор сайыІІы оскуолалара µіскээбитэ. Аата-суола да чопчу ыйарыныы, бу уус о±олор оскуолалара Мандар Ууґу кытта быґаччы ситимнээх. Ол эбэтэр дьо±урдаах ыччат, П.А.Ойуунускай аатынан госбириэмийэ лауреата, Духуобунас академиятын академига, норуот маастара Борис Неустроев-Мандар Уус салалтатынан, саха былыргы уустарын кистэлэІнэригэр уґуйуллаллар. "Мандар кыґата" бырайыагы "Јлµінэ дойдута" физмат форум, Таатта улууґун µірэ±ин салаата, Баайа±а орто оскуолата кµµстэрин тµмэн µіскэппиттэр.
Бу µґµс сылын устата ыытыллар уус о±олору µірэтэр уґуйаан барыта холбоон биэс сезон µлэлээтэ. Ол курдук 2007 сыллаахха — бастакы сылын сайыныгар, 2008 сылга кыґын, оттон сайын иккитэ, 2009 сылга эмиэ оннук былырыыІІы былааннанан µлэ-хамнас ыытылла турар.
Ба±алаах барыта
хабыллыбатах
СайыІІы оскуола атырдьах ыйын 1 кµнµттэн бу сайыІІы иккис сезонун са±алаата. "Мандар кыґатын" бу сезонугар республика араас муннугуттан — Ґіґээ Бµлµµттэн, ХаІаластан, Амматтан, МэІэ-ХаІаластан, Дьокуускайтан уонна Тааттаттан барыта
17 о±о тµмµстэ. Ол иґигэр Республикатаа±ы лицей, "Айыы кыґатын" уонна Ґіґээ Бµлµµтээ±и гимназия курдук Саха сирин бастыІ оскуолаларын µірэнээччилэрэ кэлбиттэр. Јссі ыраах Јймікіінтін уонна ыаллыы Чурапчыттан µстµµ о±о кэлэрин кµµтэллэ𠵴µ. Манна да±атан эттэххэ, тіґі да сэІээрэр ыччат элбэ±ин иґин, уґанар инструмент тиийбэтинэн, уус кыґата кыара±аґынан, ба±алаах барыта кыайан хабыллыбат эбит.
Ону ол диэбэккэ, кыґал±а±а кыпчыттарбакка "Мандар кыґата" сылтан-сыл сайдан, кэІээн иґэр. Јскітµн аан маІнай уолаттары эрэ сµµмэрдээбит буоллахтарына, былырыын сайыІІыттан Мандар Уус µірэнээччитэ иистэнньэІ, норуот маастара Анна Мандарова уґуйааччылаах биэс кыыс иис-сиик, оґуор идэтигэр µірэнэллэр. Анна Васильевна саха национальнай таІаґын µµт-µкчµ былыргы хаартыскалартан тµґэрэн ылан оІороро, халбаІнаабат канону тутуґара ураты. Онон кµн-тµµн уларыйа турар муоданы батыґар аныгы кыргыттары дьиІнээх классика±а, ібµгэ µгэґигэр уґуйара хай±аллаах уонна олус наадалаах дьыала.
Оттон уолаттары, µгэс быґыытынан, Борис Неустроев-Мандар Уус уонна сайыІІы оскуола дириэктэрэ, СР культуратын туйгуна, уус Николай Егоров-Баайа±ыын такайаллар. Кинилэр ірµµ буоларыныы ким тугу ба±арарын, ол аата — быґа±ы, батыйаны, бадаайыны, анньыыны, хомуґу оІорорун, тіґі ахсааннаа±ы уґанарын хааччахтаабаттар. Эдэр уус эрдээх сµрэ±э тугу этэринэн айар-уґанар. Арай мындыр учууталлар сµбэ-ама эрэ биэрэллэр.
Быйылгы сезоІІа "Мандар кыґатыгар" уґаарыллан тахсыбыт олохтоох уолаттар — Гриша Дедюкин (Санкт-Петербургдаа±ы лесотехническай академия II куурсун устудьуона) уонна Игнат Слепцов "тютор", ол аата баґаатай, буолан кіміліґі сылдьаллар.
Ґірэх міккµірдээх
буолуохтаах
Мандар Уус иитии-такайыы туґунан санаалара:
— Билигин уол о±ону эр киґи гынан иитэн таґаарыыга аныгы µірэх кµттµіннээх сµбэни-аманы биэрбэт. "Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир, уол о±о эриллэн-эриллэн эр киґи буолар" диэн іс хоґооно биґиги ібµгэлэрбитигэр олус суолталаа±а.
Уол о±ону адьас кыратыттан бытыгын быґа µктµір диэри "сээн" диэн, кыыс о±олуу майгылаах дьон гынан иитэн таґаарабыт. Ситинник сыыґа иитии-µірэтии тµмµгэр бодоІноох ыччат µіскµµр. Ол иґин кытаана±ы тулуйбат, ыарахантан саллар, хара µлэттэн ча±ыйар, олоххо, ыал буолууга, µлэ±э-хамнаска улахан эппиэтинэґэ суох буолуу наґаа элбээтэ. Бэйэтин санаатын турууласпат, сатаан міккµспэт, оттон мік굴ээри гынна±ына тулуйбат, кыыґырар, аны µлэлээри-хамнаары гынна±ына сылайар, сµрэ±элдьэс, куґа±ан дьаллыкка ылларымтыа майгылар аґары µксээтилэр.
Маннык сал±анар тµгэнигэр олохпут ітірµнэн кінірі уустук. Ол иґин уол о±ону иитии-такайыы тула олохтоох кэпсэтии-быґаарсыы наука да, дьон-сэргэ да іттµттэн тµргэнник уонна кµµскэ са±аланыан ба±арабын. Олох — міккµір, олох — охсуґуу диэн ійдібµлµ киґи билигин тылга эрэ истэр. Холобура теплица±а µµммµт о±урсу хонууга таґаардахха хайдах буоларый? Ол кэриэтэ "теплица±а" µіскээбит уол о±о олоххо тахсарыгар бэлэмэ суо±а баар суол. Ґгµс ыччат онтон сынтарыйар.
Ити ійдібµлгэ: "Тугу гыныахха? Хамсатан-са±алаан кірµіххэ",—диэнтэн бу оскуола аґыллыбыта.
Киґи быґах курдук уґаарыллан тахсар
"Мандар кыґата" оскуоланы тірµттээччи, этнопедагог, пед.н.к. Изабелла Сивцева:
— Быйылгы бастакы сезоІІа тохтоотоххо, былырыын сылдьыбыт о±олор тµмµктµµр тµґµмэхтэрэ буолан ааста. Ол аата барыта µстэ кірµстµбµт. Биирдэ кыґын уонна иккитэ сайын.
БылырыыІІыттан кыргыттар кыттыспыттара. Ґірµйэхтэрэ лаппа сайынна. Иитээччилэрэ Анна Васильевна: — Иистэрэ-сииктэрэ тубуста, ба±алара кµµґµрдэ. БилиІІи µлэлэрэ лаппа ыараата. БастыІа±а, µтµлµккэ, илин кэбиґэргэ киирдилэр. Кыыс буолан дьаныґан туран дьарыктаналлар. Итиэннэ, иистэниигэ улахан анал усулуобуйа наадата суох. Кыргыттар баалларыгар уолаттар сатаан саІарбаттар. ДьиІинэн, уолаттары-кыргыттары тус-туспа тутуохха баара.
Быйылгы бастакы сезоІІа уолаттар µчµгэйдик µлэлээтилэр. Кинилэр хаґыс да кэлиилэрэ, онон ахсааІІа буолбакка хаачыстыба±а µлэлээбиттэрэ. Быґа±ы оґуордаан, онноо±ор мамонт муоґа уктаан дизайІІа кµµскэ ылыстылар.
Уолаттар бу кыґаттан бардылар да, уґаналларыгар ыарахаттардаах. Анал уґанар сир, инструменнар наадалар. Ол иґин Андрей Слепцов диэн сайыІІы оскуола±а дьарыктаммыт Баайа±а уола хочуолугар уґанар кыґа оІостубут. Онтон µґµс сайынын субуруччу дьарыктанар Амма Алтанын уола Ариан Барабанов дойдутугар эмиэ уґанар. Ону ааґан интэриэґиргиир, ба±алаах уолаттары µірэтэр, сµбэ-ама биэрэр эбит. Бу — µчµгэй кірдірµµ.
Ба±алаах наґаа элбэх. Биир µксµн уолу уол оІоттороору биэрэллэр. Со±отох ийэлэр о±олоро хото киирэллэр. Биґиги — сыалбыт кинилэртэн коллективы оІоруу. Тірµт культураны науканы кытта дьµірэлиибит. Уус темата µірэтиллэ илик.
Киґи быґах курдук уґаарыллан тахсар — эллэнэр, хатар.
Санааны
сытыылаатахха
Ґґµс сылын µлэлиир "Мандар кыґата" сайыІІы оскуола уґуйуллааччылара олоххо саІа µктэнэн эрэллэр. Ол эрээри кинилэр саІа тэлэйбит аартыктарын хайыы-µйэ кэккэ ситиґиилэр киэргэтэллэр. Ким эрэ со±уруу киин вузтарга µірэнэр, ким эрэ оскуолатыгар президент буолан общественнай µлэнэн дьарыктанар, ким эрэ араас кµрэхтэґиилэргэ кыайда-хотто, миэстэлэстэ. Онно барытыгар сайыІІы оскуола±а ылбыт билиилэрэ, сатабыллара, µірµйэхтэрэ тирэх буолар.
Дьэ, субу курдук тиІийэн-таІыйан, чапчыйан-киккирийэн, балта тыаґа чаІыйан, кыптыый тыаґа кылыргаан эдэр уустар, иистэнньэІнэр абылаІнаах эйгэ хал±анын сэгэтэ хааллылар. Уон хонук устата кинилэр сµрэхтэрин тµгэ±эр сіІмµт дьо±урдара уґуктан салгыы тус бэйэлэрэ дьарыктанан, уґуйааччыларын кытта ситими быспакка сайдан истэллэр ханнык.
"Мандар кыґатыгар" кытыастыбыт уот Тааттаттан тар±анан бµтµн Саха сирин сырдаттын, сылыттын, дьол-соргу ыстаалын уґаардын!
Гаврил АНДРОСОВ